Хомуур — 2025 с. (Из архива новостей)
Никольскайдааҕы И.С.Шарапов аатынан сири туһаныы музейыгар хомуур үлэтэ түмүктэннэ. Бу саас подсолнух уонна туорахтаах культураттан: сэлиэһинэй, эбиэс, дьэһимиэн олордубуппут. Ыһыыга сиэмэ буларбытыгар Россельхозцентр Саха сиринээҕи салаата (А.С.Данилова) с дьэһимиэн сиэмэнэн, куораттан Скрябин М.М. подсолнух сиэмэтинэн көмөлөспүттэрэ. Түгэнинэн туһанан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Үүнээйилэрбит ситэн, подсолнухха фотозоналары туруоран республика араас улуустарыттан, Россияттан тиийэ ыалдьыттары көрүстүбүт. Сайын биир кэрэ түгэнин хаартыскаларыгар хааллараннар үөрэн, махтанан бардылар.







