Никольскай нэһилиэгэр Василий Дьяконов – Бараан Бааска сиэннэрин уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин көҕүлээһиннэринэн быйыл «Бастыҥ тэлгэһэ» үс түһүмэхтээх куонкурус ыытылынна. Бырайыак автордара – норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Донской, Сергей Трубин уонна Егор Бугаев. (из архива новостей)
Балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Никольскайга тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатын иитинэн куонкурус түмүгүн таһаарыы буолла. Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Юрий Слепцов, нэһилиэк баһылыга Уйгу Сайаан уонна улуус депутата Павел Иванов эҕэрдэ тыл эттилэр. Юрий Иннокентьевич бүгүҥҥү күһүҥҥү...





